Арассыыйаҕа 1996 сылтан ыла сылын аайы алтынньы ый үһүс өрөбүлүгэр Суол-иис хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин идэтийбит күннэрин бэлиэтииллэр. Быйыл бу бырааһынньык алтынньы ый 20 күнүгэр түбэстэ.
Эбээн-Бытантай улууһугар суолу-ииһи, суоппардарга харгыһа суох айаны хааччыйар «Арктика суоллара” хааһына тэрилтэтин олохтоох салаата 2020 сыллаахха урукку ДРСУ баасатыгар тэриллибитэ. Салайааччынан эдэр киһи, бэйэбит уолбут Василий Горохов үлэлиир.
Эбээн-Бытантайдааҕы суол учаастагар уопсайа 16 киһи үлэлиир, бу иһигэр исписэлиистэр, машинистар, суоппардар, суолу оҥорор оробуочайдар, массыынаны өрөмүөннүүр слесарь, сварщик, харабыллар. Тэрилтэ састааба үксэ олохтоох дьон, ыарахан үлэттэн толлубат эдэр ыччаттар. Кинилэр кыһыҥҥы тымныы, хараҥа ыйдарга дьиҥ тыйыс усулуобуйаҕа үлэлииллэр. Буурҕаны-тыалы, мутук тостор тымныытын аахсыбакка суолу солууллар.
Тэрилтэ үлэтин сүрүнэ — кыһыҥҥы суоллары оҥоруу. Эрэгийиэннээҕи суолталаах“Верхоянье”, “Себян” кыһыҥҥы айан суолларын уопсайа 287,33 км. көрөллөр. Сылын аайы ахсынньы ыйтан «Верхоянье” кыһыҥҥы суолунан уматык уонна ас-үөл Дьокуускайтан уонна Баатаҕайтан тиэллэн кэлэр. Уопсайа 10 единица тиэхиньикэ үлэлиир.
Түгэнинэн туһанан, Арассыыйаҕа Суол-иис хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин идэтийбит күнүнэн улууспут иһигэр үлэлиир бары суол үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыккытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Суол — олоҕу сайыннарар хорук тымыр буолар. Онон бу эйгэҕэ сүрэхтэрин баҕатын, дууһаларын тардыһыытын ууран туран үлэлиир дьоммутугар истиҥник махтанабыт. Түбүктээх үлэҕит ситиһиилээх буоллун!