Кыһыҥҥы сыарҕаны эрдэ бэлэмнээн айанныахха наада” диэн өс хоһооно этэринии “Арктика суоллара” тэрилтэтин Муоматааҕы учаастагын үлэһиттэрэ сайын устата үлэлэрэ тохтообот. Учаастак салайааччыта Константин Терешкин кэлэр кыһыҥҥы суол сезонугар бэлэмнээхтэрин, сайын устата көлөлөрү өрөмүөннээһин үлэтэ тэриллэн ыытыллыбытын туһунан кэпсээтэ: “Кыһыҥҥы суолунан өрөмүөҥҥэ туттуллар саппаас чаастарбыт барыта кэмигэр тиэрдиллибэтэҕэ. Сорох чаастарбыт атын регионтан ыытыллыбыттара. Көтөр аалынан кыралаан хас рейс аайы наадалаах тэриллэрбитин, чаастарбытын тутан, өрөмүөн үлэтэ тохтообот.
Ону таһынан сайыҥҥы ойуур баһаарын кэмигэр үлэһиттэрбит тахсан күүстээхтик үлэлээтилэр. Сиһилии эттэххэ, Соболоох туһаайыытыгар ыксаллаах быһыыга-майгыга от ыйын үһүс декадатыгар нэдиэлэттэн ордук кэмҥэ суол үлэһиттэрэ Николай, Ян Атласовтар, Станислав Терешкин, Яков Уваровскай, Уйусхаан Ефремов хорсуннук уоту утары үлэҕэ улахан көмөнү оҥордулар. Соболооххо тэрилтэ тягач техниката сайылаабыта, баһаары утары үлэҕэ улаханнык туһалаата.
Биир сүрүн үлэбитинэн дробилка тэрил таҥыллан, үлэлэтэн көрдүбүт. Санаттахха, өссө Иван Петрович улууһу салайар кэмигэр, Ил Дархан Айсен Николаев оройуоҥҥа сырыытын түмүгэр, үс сыллааҕыта оройуоҥҥа кэлбит улахан тэрил буолар. Бу соторутааҕыта куораттан анал специалист Б. Мункуев куораттан кэлэн таҥан оҥордо. Ону үлэлэтэн көрдүбүт, тэрилбит тыынын ылла, күҥҥэ ортотунан 30 куб тааһы бытарытан таһаарар. Үс көрүҥүнэн — улахан, орто, кыра таастарга бытарытар. Ортото 20-40 мм, кырата 5,5 мм кумахха кубулутар кэриэтэ таһаарар. Уопсайа үс киһи үлэлэтэр, биир киһиэхэ сатаммат даҕаны. Сотору биир үлэһити куоракка анал үөрэххэ ыытарга былаанныыбыт. Тэрилбитигэр эбии саппаас чаастары сакаастаатыбыт. Тэрилбит суол кутуутугар, оҥоруутугар матырыйаалынан хааччыйар аналлаах. Онон ити хайысхаҕа “Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак чэрчитинэн киэҥник туттуохпут.
“Суол – олох тыына” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Биллэринэн, биһиги улууспут өрөспүүлүкэҕэ саамай уустук суоллааҕынан биллэр. Таһаҕас барыта кыһыҥҥы суолунан эрэ тиэллэн кэлэр кыахтаах. Өрүһүнэн суол тааҥныыра, суолга эрэйдиирэ баар суол. Онон урукку кэмнэргэ “Кээликис” суолунан сырыыны туруорсаллара, кыаллыбатаҕа. Ол эрээри, бу боппуруос бэбиэскэттэн түспэт. Төбүлэхтэн аллараа “Хаптаҕай” бириискэ көмүсчүттэрэ салгыы “Кээликис” туһаайыытынан кэлэн эрэллэр. Кинилэр урукку суолу кэҥэтэн хайаны уҥуордаан Соболоох “Тихон” сиригэр чугаһаатылар. Ити туһаайыынан 3 км курдук улахан хайалар кытыыларынан суолу кэҥэтиэххэ наада. Ааспыт кыһын ити диэкинэн сылдьыбыппыт, көмүсчүттэр суохтара, суол барыта халыҥ хаарынан бүрүллэн сытара. Билигин күһүөрү кыстык хаар иннинэ, дьон баарына, тиийэ сылдьар былааннаахпыт. Оройуон дьаһалтата кэпсэтии ыытыахтаах. Билигин Төбүлэххэ диэри өрүс суолунан 180 км, оттон “Кээликис” суолунан 120 км. Онон экономика суотунан бары өттүнэн барыыстаах буолара чуолкай. Тааҥныыр суолунан хаайтаран эрэйдэммэккэ таһаҕас барыта тиэллиэ этэ.
Үлэһиттэринэн толору хааччыллан олоробут, арай механик миэстэтин саба иликпит. Быйыл эбии суоппар вакансията арыллыбыта уонна урут 1,5 ыстаакка слесарь көрүллэр эбит буоллаҕына, быйыл икки толору ыстаат буолла. Онон инники былааммыт, үлэбит өссө киэҥ”.
“Муома оройуона” МТ пресс-сулууспата