Суоппардар идэлээх күннэрэ 1976 сылтан Советскай Союз үрдүкү Сэбиэтин ыйааҕынан олохтонон, алтынньы ый бүтэһик өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр. Суоппар идэтэ — күннэтэ элбэх сыраны уонна эппиэтинэһи эрэйэр уустук үлэ. Билигин массыына элбээн киһи барыта суоппар курдук эрээри, анал идэлээх, уопуттаах киһи аҕыйахтар, суруйар «Хотугу кыым» хаһыат.

«Дальнобойщик» уолаттар

Массыына уруулун эрэллээхтик туппут, ыраах айаҥҥа сылдьар суоппары — Иван Черемкины улууска билбэт киһи суоҕун кэриэтэ. 2004 сыллаахтан бу күҥҥэ диэри Абый-Дьокуускай маршрутунан ас-үөл, таһаҕас таһар.

«Техникаҕа оҕо эрдэхпинэ Алексей Слепцов сыһыарбыта. Оччолорго оскуола үөрэнээччилэрэ сайын ахсын сынньалаҥ лааҕырыгар (ЛТО), араас үлэлэргэ сылдьарбыт. Алексей Егорович 157-лээх массыынаны миэхэ уонна Виталий Афанасьевка эрэнэн ыыттарааччы.

Алтыс-сэттис кылааска Абыйтан Сыаҥааннаахха барарга Роман Артемьев 66-лаах грузовой массыынатыгар олордоро, ыыттарара. Бу дьон миэхэ үйэм тухары үлэлиир идэбэр — суоппар буоларбар улахан оруоллаахтар, кинилэри уһуйааччыларбынан ааҕабын.

ivan cheremkiny 1 768x567 1

Бастакы улахан айаммын билигин да өйдүүбүн. Дьокуускай куоракка Урал массыынанан Григорий Иннокентьевич Черемкинныын айаннаабытым. Онтон ыла тохтоло суох сылыттан көрөн, биир сезоҥҥа үстэ-түөртэ Абый-Дьокуускай суолунан таһаҕас таһабын.

Уһун айаҥҥа соҕотох сылдьар кутталлаах. Биирдэ тарыҥҥа 3 суукка ууга олорон хаалбытым. Икки редуктор алдьанан, Муомаҕа кэлэн оҥостубутум. Техниканы кыайан айанныыр туруктаах буоларын туһугар кэмиттэн кэмигэр көрө-истэ сылдьыахтааххын, тыаһын-ууһун арааран истэргэ туспа чуор кулгаахтаах буолуохтааххын.

Кэнники сылларга «Дороги Арктики» тэрилтэ улаханнык абыраата. Үлэһиттэр бары эдэр дьон, тибии кэнниттэн түүннэри-күнүстэри үлэлииллэр. Буурҕаттан, силлиэттэн иҥнибэккэ үлэлиир уолаттарга суоппардар ааттарыттан махталбын тириэрдэбин. Аара алдьаннахха итии блоктар баар буолан абыраатылар.

Хас да сыллааҕыта ити будкаларга 4 хонон турардаахпыт. Суоппар киһи ыарахантан чаҕыйбат, ол эрээри куруук сэрэхтээх буолуохтаах. Суолу-ииһи көрөн айанныахтаах. Суоппар саамай үөрэр түгэнэ — айантан этэҥҥэ кэлии».

pavel cheremkin 768x590 1

Павел Черемкин — эдэр «дальнобойщик» суоппар. Иван Черемкины уһуйааччытынан ааҕар. 2019 сыллаахха массыына ылыныаҕыттан, хоту улуустарга таһаҕас таһар. Бастаан уруулга 12 сааһыгар убайдарын УАЗ массыынатыгар олорбут. «Инженер по механизации» диэн үрдүк үөрэхтээх.

«Айаҥҥа сылдьарбар дьиэ кэргэним миигин кэтэһэрэ, кыһамньылаах, тапталлаах сыһыана күүспэр күүс эбэр. Сахалыы сиэри-туому тутуһабын, алаадьылаан сири-уоту аһатан, айыылартан көрдөһө сылдьабын. Тохтообут сирбэр бөҕу-саҕы ыспакка-тохпокко, чөкөтүк, ыраастык тутта сатыыбын.

Уһун айаҥҥа наһаа утуйуоххун баҕардаххына, хайаан даҕаны тохтоон чаас аҥара да утуйан сынньана түһүөххэ наада. Чэгиэн-чэбдик утуйар уу — сылаа таһаарарга саамай үчүгэй. Ол иһин барыларыгар уһун айан иннинэ үчүгэйдик сыннаналларыгар сүбэлиибин. Айанныыргар уугун хамматах, сылайбыт буоллаххына, айаны кыайыаҥ суоҕа, итиэннэ сэрэхтээх даҕаны.

Уһун прицептаах «Камаз» массыынанан сылдьабын. Биһиги хоту суолбутугар ордук табыгастаах массыына дии саныыбын. Алдьаннаҕына даҕаны, компьютера суох оҥоһуллара судургу. Уһун айаҥҥа суолга туох баҕарар буолуон сөп.

Барытыгар бэлэмнээх, саппаас чаастаах, ордук таҥастаах, астаах сылдьыллыахтаах. Биирдэ саҥа дьыл саҕан, Абыйга ас илдьэн иһэн, дьээдьэбин Иван Черемкины кытта, -50 тахса кыраадыска үс күн алдьанан, Ольчан перевалын анныгар турбуппут. Маннык ыарахаттарга суоппар бэлэм буолуохтаах».

ОДьКХ тэрилтэҕэ — 40 сыл

Нэһилиэнньэҕэ уу баһар массыынаҕа, биир да өрөбүлэ суох, тигинэччи Владимир Петров үлэлиир. Кини Бүлүн оройуонугар Күһүүр нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Төҥүлүтээҕи СПТУ-га суоппар идэтин, салгыы Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар зоотехник идэтин баһылаабыта. 1990 с. Абый кыыһын Анна Слепцованы көрсөн, ыал буолан, Абыйы иккис дойду оҥостон, оҕолонон, сиэннэнэн олорор.

odh

Владимир 35 сылы быһа биир сүрүн тэрилтэҕэ — ОДьКХ-ҕа уу таһар массыынаҕа күн бүгүнүгэр диэри суоппардыы сылдьар. «Массыына элбэхтэ алдьаннаҕына, техника анныгар сытартан ордук куһаҕан суох. Тэрилтэ суоппарын эбээһинэһэ — эппиэтинэс. Күн ахсын үлэҕин толоруохтааххын.

Тэрилтэбитигэр саҥа тиэхинньикэ биэрбэтэхтэрэ быданнаата, бары да хаарбах туруктаахтар. Тиэхинньикэ төһөнөн эргэрэр, оччонон ороскуота элбээн барар. Суоппар чөл олохтоох, доруобай, үлэтигэр эппиэтинэстээх, тулуурдаах буолуохтаах, анаммыт массыынаҕын үчүгэйдик оҥостуоххун наада».

Бииргэ үлэлиир доҕотторо Владимиры киһи быһыытынан олус сымнаҕас, холку, бэһиэлэй кэпсээннээх-ипсээннээх норуот киһитэ дииллэр.

Анал идэлээх суоппар — Владимир Афанасьев

Абыйга дьон-сэргэ махталын ылар сымнаҕас олбохтоох таксистар элбэхтэр. Кинилэр күн ахсын таһаҕас таһаллар, дьону тиэрдэллэр. Элэккэй сыһыаннаах, кэпсэтинньэҥ, бэһиэлэй кэпсээннээх суоппарга түбэстэххинэ, айаныҥ уһунун даҕаны билбэккэ хаалаҕын. Оннук суоппардартан биирдэстэрэ — Владимир Афанасьев буолар.

«Бииргэ төрөөбүт 12-бит. 9 уол, 3 кыыс. Сэбиэскэй кэмҥэ элбэх оҕолоох ыалтан сэттис уол армияттан сулууспалаан кэллэҕинэ, судаарыстыба массыына биэрэр диэн сокуон баара. Ол иһин массыына ыытар быраап ылаары, Өктөмнөөҕү училищеҕа киирэн, ситиһиилээхтик бүтэрбитим.

r

1988 с. «Абый» совхоз Абыйдааҕы отделениетыгар суоппарынан анаммытым. Сарсыарда 6 ч «путевка» ылан нэһилиэктэринэн айанныырбыт. Завгар Афанасий Афанасьев хас күн ахсын путевой лист толорон биэрэрэ. Киэһэ рейстан кэллэхпитинэ отчуоттатара. Кини эдэр суоппардарга сүрдээх болҕомтолоох, муударай сүбэһит этэ. «Абый» совхозка бииргэ үлэлээбит бэтэрээн суоппардар — В.И.Ефимов (Сыаҥааннах), Ю.С.Соломов, В.Алексеев этилэр.

Орто саастаахтартан — С.Н.Слепцов, П.Н.Стручков, В.Н.Никулин, В.Н.Слепцов, эдэр суоппардарынан Андрей Слепцов, Игнат Никонов, бииргэ төрөөбүт уолаттар Василий, Евгений Исаковтар, Юрий Николаев, Сергей Корякин, Пантелеймон Чирков, Егор Черемкин, Валерий Стручков этибит.

Ыал буолан баран, Абый орто оскуолатыгар 4 сыл трактороведение, машиноведение учууталынан үлэлээбитим. Оҕолору массыына, трактор ыытарга, саппаас чаастарын билэргэ үөрэтэрбит. Кэлин үөрэппит уолаттарым махтаналлара.

2015 сыллаахха күһүн улууска сүрдээх ыарахан балаһыанньа үөскээбитэ. Айан суола турбакка, оттук чох кэмигэр кыайан тиэйиллибэтэҕэ. Бу кэмҥэ улууска анал үөрэхтээх суоппардары көрдөөн, талан мобильнай бөлөх тэрийбиттэрэ. Араас сиртэн суоппар мустан, түүннэри-күнүстэри тохтоло суох чох таспыппыт.

Мин напарник уолаттарым Мэнэ Хаҥаластан кэлбит бырааттыы Платоновтар этилэр. 2016 сыллаахха Абыйга саҥа таас оскуола тутуута саҕаламмыта. Онно эмиэ анал үөрэхтээх суоппардары көрдөөбүттэрэ. Уолум Владимир прораб буолан, кинини өйөөн тута үлэлии киирбитим. Ол саас сүрдээх улахан тибии буолбута.

Халыҥ хаардаах дьыл кумаҕы, буору, гравийы, стройматырыйааллары таспыппыт. Кэлин чааһынай массыынабынан нэһилиэктэргэ дьону, малы таһабын. Тэрилтэ көрдөстөҕүнэ, быһа гыммакка илдьэн-аҕалан биэрэбин. Кулууп тэрилтэтин гастролга Муомаҕа, Аллайыахаҕа сылдьыбыппыт. Суоппар үлэтэ ыарахан эрээри махталлаах үлэ ди саныыбын».

Итиини-тымныыны аахсыбакка, тимир көлөнү доҕор оҥостон, олохторун көлүөһэ үрдүгэр анаабыт, дьон туһугар үлэлиир мындыр, үлэһит суоппардарбытыгар көнө суолу, үтүө аргыһы баҕарабыт. Сыралаах үлэҕит сыаналана турдун, аартыккыт аһаҕас, айаҥҥыт алгыстаах буоллун.

Источник: https://ulus.media/2024/10/27/abyj-ideleriger-beriniileeh-suoppardara/