«Аартыка суоллара» тэрилтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын дьаһалынан 2015 сыллаахха тэриллибитэ. Хотугу улуустарынан суолу оҥорор тэрилтэни тэрийии бэйэтэ туспа силистээх-мутуктаах. Ол курдук, «Аартыка суоллара» тэриллиэн иннинэ, хотугу улуустарга таһаҕаһы сүрүннээн өрүһүнэн уонна көтөр аалынан тиэрдэллэрэ. Биллэн турар, бу үлэ үгүөрү үбү-харчыны ирдиирэ.

«Аартыка суоллара» генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта Сергей Сивцевы кытары кыһыҥҥы суолу оҥоруу үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсэттибит. Сэһэргэһии саҕаланыыта кини тэрилтэ үлэтин саҕалаабыт төрүөтүн туһунан кылгастык билиһиннэрдэ.

7e80ace1 f513 4996 ba7a c1be02cc7d1c

- 2013 сыллаахха Индигир өрүс сүнньүнэн сытар улуустарга уунан таһаҕаһы тиэйии уустугурбута. Ол саҕана хотугу улуустар суолларын муниципалитет чааһынай тэрилтэлэр эбэтэр бэдэрээтчиттэр өҥөлөрүнэн бэйэтэ көрүнэрэ уонна тупсарыытын хааччыйара. Сойуус саҕаттан хаалбыт эргэрбит тиэхиньикэлээх буоланнар, бу үлэ кинилэргэ олус эрэйинэн ыытыллара. Ол иһин өрөспүүбүлүкэ салалтата кыһыҥҥы суолу сайыннарарга сорунан, 2015 сыллаахха «Аартыка суоллара» тэрилтэни тэрийэргэ уураах ылыммыта. Билиҥҥитэ 11 аартыка түөлбэтин улууһугар 10 суол учаастага үлэлиир.

- Тэрилтэ сүрүн соруга биллэр – аартыка улуустарыгар кыһыҥҥы суоллары оҥоруу. Бу үлэ хайдах ыытылларый?

- Биһиги үлэбит, дьиҥэр, олус киэҥ хабааннаах. Кырдьык, сүрүн сорукпут аартыка түөлбэтин улуустарыгар суолу оҥоруу буолар. Үлэлээн кэлбит сылларбыт устата кыһыҥҥы суолларынан төһөлөөх элбэх таһаҕас тиэрдиллибитэ да уонна дьон да айаннаабыта буолуой. Нэһилиэнньэ тэрилтэҕэ олус махтанар, ордук бастакы үлэлиир сылларбытыгар. Суол ньуура тупсан, барыы-кэлии элбээн, нэһилиэнньэ сүргэтэ көтөҕүллүбүт этэ. Билиҥҥитэ 11 аартыка улуустарыгар тиийэр уопсайа 8 тыһ. тахса км уһуннаах суолу көрөбүт-истэбит.

Маны таһынан өр сылларга нэһилиэнньэ кэтэспит-манаспыт дьаһалын өрөспүүбүлүкэ салалтата биһиги тэрилтэбит нөҥүө олоххо киллэрдэ. Урут ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннартан суоппардар тырааныспардарын техническэй бэрэбиэркэтин ааһаары киин сиргэ тиийэргэ күһэллэллэрэ. Оттон 2019 сылтан тэрилтэ иһинэн стационарнай техническэй пуун уонна 4 көһө сылдьар диагностикалыыр линия тэриллибитэ. Бу көһө сылдьар техническэй бэрэбиэркэ лабораторията КАМАЗ массыынаҕа тэриллибитэ. Стационарнай уонна көһө сылдьар техническэй линия Анаабыртан саҕалаан Аллараа Халымаҕа диэри тиийэн, ону таһынан Бүлүү бөлөх оройуоннарын хабан, уопсайа 2515 тырааныспар техническэй бэрэбиэркэтин оҥорбута. Оттон быйыл кыһыҥҥы суол аһыллыаҕыттан, биһиги техэкспердэрбит ыраах сытар улуустарынан сылдьан 970 тиэхиньикэни бэрэбиэркэлээтилэр.

– Сылын ахсын кыһыҥҥы суол үлэлиир кэмэ араастык ааһар буолуохтаах? Быйыл хайдаҕый?

– Биһиги тэрилтэбит СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир. Сылын ахсын министиэристибэ кыһыҥҥы суол аһыллыытын уонна сабыллыытын болдьоҕун бигэргэтэр. Биһиги ол кырааппыкка олоҕуран үлэлиибит. Ол эрээри, айылҕа бэйэтэ туспа сокуоннаах. Сороҕор дьыл эрдэлиир, сороҕор хойутуур. Үгэс курдук кыһыҥҥы суолу арыйыы сэтинньи ый бүтэһигиттэн саҕаланар, оттон муус устар ый 20 чыыһылатын кэнниттэн сабарга барааччыбыт. Быйыл да туруоруллубут болдьохтон туораабатыбыт.

81079aae b58f 43b8 93ca 0671e1ee699c

Маныаха биири бэлиэтиэхпин баҕарабын. «Аартыка суоллара» сылтан сыл үлэтин технологиятын тупсарар, сайыннарар. Урут массыыналар кыһыҥҥы суолунан айаннарын тохсунньуга эрэ саҕалыыллара, оттон билигин ахсынньы ый саҥатыттан суолларбыт бары аһыллаллар. Тоҕо диэтэххэ, үлэбит ньыматын сайыннардыбыт. Холобур,  кэлиҥҥи кэмҥэ кыһыҥҥы суолга баар үрэхтэри туоруурга муус туругун чиҥэтэр үлэтин ыытабыт. Ол эбэтэр, хаарын ыраастаан, ууну киллэрэн, түргэнник тоҥорун ситиһэбит. Билэргит курдук, хаар анныгар сытар муус өр туран быстыбат. Ол иһин бу маннык сирдэргэ хаардарын ыраастыыбыт. Итиэннэ суол учаастактарын чэпчэки уйуктаах тиэхиньикэлэринэн хааччыйбыппыт (Трекел, Агромаш, БТЗ тыраахтырдар). Суолу арыйыах иннинэ, үлэһиттэрбит тиэхиньикэнэн сылдьан, муус туругун, трасса ханан тэлиллиэҕин сөбүн бэрэбиэркэлииллэр. Маннык чэпчэки уйуктаах тимир көлөнү муус уйар, ол иһин трассировка үлэтэ эрдэ саҕаланар. Онон биһиги тэрилтэбит үлэлиэҕиттэн, кыһыҥҥы суолунан айан-сырыы кэмин болдьоҕо уһаан биэрдэ.

– Тыйыс айылҕалаах хотугу сиргэ суолу оҥоруу үлэтигэр күүстээх санаалаах дьон үлэлииллэрэ буолуо...

– Оннук. Биһиги үлэһиттэрбит, ордук суолга тахсан үлэлиир суоппардар үрдүк квалификациялаах машинистар, гарааска алдьаммыт тиэхиньикэни өрөмүөннүүр механиктар, силиэсэрдэр. Үлэлэригэр кырдьык бэриниилээхтэр. Томороон тымныы да, хаар силлиэ да түспүтүн үрдүнэн үлэлэригэр тахсаллар, сороҕор ыйы-ыйдаан суолга сылдьаллар. Аны хотугу улуустарга таһаҕас тиэйэр суоппардар туох эмит харгыска түбэстэхтэринэ, кыахтара тиийэринэн көмөҕө кэлэллэр. Холобур, тааҥныыр учаастактарга биһиги тиэхиньикэбит дьуһуурустубалыыр, хаайтарбыт массыыналары состорор. Маны таһынан ууга түспүт суоппардарга эмиэ көмөҕө кэлэллэр. Саас аайы кыһыҥҥы суолу сабыллыбытын кэннэ, төһө да сэрэтиллибитин үрдүнэн, улахан уйуктаах массыыналар улуустарга таһаҕас таһалларын тохтоппоттор. Бу сылын ахсын бэлиэтэнэр көстүү. Быйыл Муомаҕа, Үөһээ Дьааҥыга, Халыма улуустарыгар муус анныгар барбыт массыыналары хостотолоотулар. Ватсабынан тарҕаммыт хаартыскалары көрдөххө, хартыына ыарахан. Суоппардар «баҕар табыллыа» диэн чарааһаабыт муус үрдүнэн кутаммакка айанныыллар.

photo 5312069234945279741 y

Биллэрин курдук, аартыка улуустарыгар тиэрдэр суол сүрүннээн өрүһүнэн сыыйыллар. Кэлиҥҥи сылларга улахан уйуктаах «FAW», «Scania» курдук китайскай массыыналар сылдьар буоллулар. Оттон биһиги кыһыҥҥы суолбут саамай уйар ыйааһына ортотунан 30 туоннаҕа тиийэр. Ол да иһин, суол сабыллыбытын кэннэ, маннык араас алдьархайдар тахса тураллар. Ол эрээри, биһиги кыһалҕаҕа түбэспит суоппардарга хаһан баҕарар тиийэбит.

Итиэннэ үлэбитигэр таһаҕас тиэйэр суоппардар ураты өҥөлөөхтөр. Холобур, «Яна» суолугар вайфайдаах икки кафе үлэлиир. Онно суоппардар чэйдии тохтоотохторуна, суол балаһыанньатын туһунан анал бөлөххө сырдаталлар. Ханна суолу типпитин, тааҥнаабытын, массыыналар тиийбиттэрин, тиийбэтэхтэрин, алдьанан туралларын туһунан ватсап бөлөххө суһаллык иһитиннэрэллэр. Маннык информация биһиги үлэбитигэр олус туһалыыр.

дорога

– Сергей Афанасьевич, «Аартыка суоллара» тэрилтэ кыһыҥҥы суоллары хааччыйарын таһынан, атын үлэтэ элбэх диэн кэпсэтиибит саҕаланыытыгар бэлиэтээн ааспытыҥ.

– Муус устар бүтэһигэр кыһыҥҥы суол сабыллыбыта. Билигин учаастак ахсын тиэхиньикэлэрин өрөмүөннүүллэр. Сайынын суолларбытын өрөмүөннүүбүт. Төгүрүк сыл үлэлиир уопсайа 500 км усталаах суоллаахпыт. Маны таһынан 41 муоста туругун көрөбүт-истэбит. Үөһээ Дьааҥыга айанныыр суолга баар муоста былырыын күһүн чох тиэйбит массыына ыйааһынын уйбакка алдьаммыта. Дьон эргиир суолунан сылдьарга күһэллибитэ. Быйыл анал муостаны тиэйэн илдьэммит туруордубут. Бу күннэргэ, чуолаан ыам ыйын 20 күнүгэр, муоста үлэҕэ киириэҕэ. Маны сэргэ Найбаҕа улахан муора пуорта тутуллаары турар. Онон тэрилтэ Усть-Куйгаттан Найбаҕа барар саҥа суолу тэлиэхтээх.   Суол учаастактардаах улуустарга сокуон ирдэбилигэр эппиэттиир тустаах карьердардаахпыт. Кыһыҥҥы суол кэмэ тохтообутун кэннэ, хотугу улуустарга олорор дьон-сэргэ олоҕун чэпчэтэргэ туһаайыллыбыт үлэбит салҕанар, тигинэччи барар.

                                                                                                                                            «Ил Түмэн» хаһыат, ыам ыйын 11 күнэ